Ыһыах – бу үрдүкү айыыларга уонна сир-дойду иччилэригэр анаан сүгүрүйүү буолар. Саха дьоно кыстыкпытын этэҥҥэ туораатыбыт диэн от-мас көҕөрөн, айылҕабыт уһуктубутун кэннэ айыыларга анаан, «саҥа дьылбыт» диэн ааттаан үөрэн-көтөн ыһыах сиэрин-туомун толоробут.
Бүгүҥҥү биэриибитигэр краевед, историк, этнограф, худуоһунньук, «Туймаада ыһыаҕа» архитектурнай этнографическай комплекс дириэктэрэ, Саха Сирин «Ытык сирдэр» ассоциациятын президиумун бэрэссэдээтэлэ Вильям Федорович – Түһүлгэни кытта ыһыах өйдөбүлүн уонна суолтатын туһунан кэпсэтии.