Саха лиирикэтин төрүттээччи

Саха лиирикэтин төрүттээччи[16+]

Просмотры: 40

А.И.Софоронов – улуу классикпыт, поэзия, проза, драма жанрыгар саха саҥалаах баарын тухары өлбөт-сүппэт чулуу айымньылары биэрбитэ. 1926 с. Аһыллыбыт Саха национальнай тьеатрын төрүттээччи. «Саха аймах», «Саха омук», «Саха кэскилэ» диэн саха норуотун аан бастакы культурнай- сырдатар, научнай-чинчийэр обществолары тэрийсибит уонна салайсыбыт биир бастыҥ киһибит буолар. Сахалыы бэчээт сайдарыгар үгүс сыратын-сылбатын ууран «Манчаары», 1912-13 сс. «Саха саҥата», 1926 с. «Чолбон» диэн сахалыы бастакы хаһыаты, сурунааллары олохтообут, бастакы эппиэттиир эрэдэктэрэ.

Ийэ өйүн күүһүнэн, айылҕаттан талаанын сайыннаран уустук суруйуу бары сүрүн көрүҥнэригэр өлбөт үйэлээх айымньылары хаалларан, төрөөбүт норуотун литературатын төрүттээччилэртэн биир бастыҥ классига буолар.

Эһиги көрүүгүтүгэр «Саха лиирикэтин төрүттээччи» диэн виртуальнай выставка.

Виртуальная выставка

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ: Нюргуяна Ефремова

Смотрите также